Кыайыы туһугар бары күүһү

17

Бүтүн Россиятааҕы норуот фрона "АвтоПоезд" диэн аахсыйаны биллэрэр. Манна олохтоох омуктар диаспоралара, үөрэх тэрилтэлэрэ уонна эргиэмсиктэр кыттыһаллар. Кинилэр көмөлөрүнэн, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар гуманитарнай көмө хомуллар: сылаас таҥас, утуйар таҥас уонна хоруопкаларга массыына саппаас чаастара. Билигин "АвтоПоезд” аахсыйа чэрчитинэн, бадараантан иҥнибэт көлүөһэлэрдээх 2 УАЗ массыына, квадрокоптердар, саа-саадах уо.д.а араас туһалаах тэрил хомулунна.