Үлэтэ суох буолуу хаһааҥҥытааҕар да намыһах көрдөрүүтэ бэлиэтэннэ

17

Бу ааспыт сыл ахсынньы ыйыттан, үүммүт сыл олунньу ыйыгар диэри бэлиэтэммит көрдөрүү буолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэтэ суох сылдьааччы статистиката 5,8% тэҥнэстэ. Онтон саамай муҥутаан көрдөрүү 3 сыллааҕыта бэлиэтэнэ сылдьыбыта. 2020 сылга көрдөрүү 7,4% этэ. Ааспыт сылга бу кэмнээҕи көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ, сыыппара балтараа % түстэ.