Саха сиригэр өрүстэр урукку дьыллартан 1-3 күнүнэн эрдэлээн эстиэхтэрэ

39

Өскөтүн харыы тахсар түгэнигэр, уу таһыма балтараа миэтэрэҕэ диэри үрдүөн сөп. Ол түмүгэр, намыһах сирдэр ууга барыахтара диэн бырабыытылыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ. Хойуу хаар түспүтүнэн, Амма, Алдан, Халыма сүнньүнэн олорооччулар ууга барар кутталлаахтар. Маны таһынан, харыы Өлүөнэ өрүс устун бүтүннүүтүгэр тахсыан сөп диэн сылыктанар. Халаан уутугар 123 нэһилиэнньэлээх пуун түбэһэр.