Мууһунан айан суолларыгар ыйааһыны түһэрдилэр

22

Муус устар 6 күнүттэн бары мууһунан айан суолларыгар 30 тоннаҕа диэри ыйааһыны түһэрдилэр. Муус устар 10 күнүттэн таһаҕаһы тиэйэр массыыналар сырыыларын 20 тоннаҕа диэри хааччахтыахтара. Онтон өрүһүнэн айан суолларын, олоччу муус устар 15 күнүттэн сабыахтара. Хааччах киллэрэр болдьох быһа холооһунунан күнэ-дьыла ыйылынна, ол эрэн халлаан туругуттан уларыйыан сөп диэн Бүлүүтээҕи айан суолларын салалтата иһитиннэрэр.