"Саха сирэ эйиигинниин” уопсастыбыннай хамсааһын бэриниилээх үлэтэ

36

Саха сиригэр анал байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан, "Мы вместе" Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын көхтөөх дьоно, анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сылдьар биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөр.  Билигин ыстаап үлэтэ кэҥээн араас таҥаһы, олоххо-дьаһахха туттуллар маллары оҥороллор. Волонтердар үлэлэрин Ил Дархан Айсен Николаев билистэ уонна бэриниилээх сыһыаннарын, үлэлэрин иһин махтанна.

Биһиги үлэбитин үрдүктүк сыаналаан, тус бэйэтэ кэлэн хайдах үлэлии сылдьарбытын, иистэнэр сыахпытыгар тугу тигэрбитин, окопнай чүмэчилэри оҥорорбутун көрдө. Максировочнай сетканы оҥорорго бэйэтэ кыттыыны ылла. Ил Дархаммыт бэйэтинэн кэлэн биһигини кытта көрсөн-кэпсэтэн, истэн барбытын биһиги үрдүктүк сыаналыыбыт, - диэн “Саха сирэ эйиигинниин” уопсастыбыннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ Айыл Дьулурҕа иһитиннэрдэ.

Айсен Николаев сыахха анаан иистэнэр тэрили ылалларыгар 100 тыһыынчалаах сертификаты туттарда уонна өссө да инникитин бу курдук дойдуларыгар көмөлөһө, күүс-өйөбүл буола сылдьалларыгар баҕарда.