Тымныы уҕараабат

35

Саха сирин үрдүнэн халлаан хатаата. Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа иһитиннэринэн ый бүтүөр диэри уларыйа сылдьар күн-дьыл туруо. Киин, арҕаа уонна Илин Эҥэр түүҥҥү температура -40 тиийэ түһүө. Өрөспүүбүлүкэ Хотугулуу - Илин өттүгэр эмиэ хаҕыс күннэр туруохтара. Холобура, Өймөкөөҥҥө 47 кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр. Онтон сыыйа  халлаан сылыйыа.  Исписэлиистэр этэллэринэн, муус устарга сылаас буолуо, нуорманы 7-10 кыраадыһынан  куоһарыы бэлиэтэниэ.