Тимир суолунан сырыы үксүүр

21

Тимир суол өҥөтүнэн туһанааччы сыллата элбиирэ бэлиэтэнэр. «Саха сирин тимир суоллара" сыллааҕы түмүгүн таһаарда. 2022 сылга дьону таһыы уонна таһаҕаһы тиэйии кээмэйэ биллэрдик үрдээн, тэрилтэ 9 миллиард 541 мөлүйүөн солкуобайы киллэрбит. Мантан ыраас барыһа 232 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэспит.