Бу нэдиэлэҕэ түөрт күн үлэлиибит

23

Дойдуга түөрт күннээх үлэ нэдиэлэтэ. Аан дойду дьахталларын күннэригэр сынньалаҥ. "Кулун тутар 8 күнэ сэрэдэҕэ түбэһэн, көһөрүллүбэт, ол оннугар өрөбүл күн иннинээҕи үлэ күнэ 1 чаас кылгаан биэрэр" диэн үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Кэлэр уһун өрөбүллэр ыам ыйыгар буолуохтара. Ыам ыйын 1 күнэ бэнидиэнньиккэ түбэһэр, ол иһин сынньалаҥ күннэр муус устар 29 күнүттэн ыам ыйын 1 күнүгэр диэри салҕаныахтара. Онтон Кыайыы күнүгэр Россия олохтоохторо 4 күн өрүөхтэрэ.