Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьаччылар оҕолоругар көмө элбиир

24

Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьаччылар оҕолоругар үөрэх министиэристибэтин нөҥүө көмө уонна чэпчэтиилэр көрүллэллэр. Бу туһунан сиһилии үөрэх миниистирин солбуйааччы Алевтина Аргунова билиһиннэрдэ: "Бүгүҥҥү күҥҥэ 6 тыһыынчаттан тахса сайабылыанньа киирдэ. Онтон 4 тыһыынча көмө номнуо оҥоһулунна. Ол иһигэр 1 тыһыынчаттан тахса оҕо төрөппүтэ уһуйаан төлөбүрүттэн босхолоннулар,  1700 үөрэнээччи оскуолаҕа босхо аһыыр. Сайыҥҥы кэмҥэ сынньалаҥ путевкатын ахсаанын элбэттибит. Маны сэргэ орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннарыгар үрдэтиллибит стипендия ананыытыгар үлэлэһэ сылдьабыт. Ону сэргэ төлөбүрдээх үөрэххэ сылдьар устудьуоннары бүддьүөт миэстэтигэр көһөрөбүт".