Үөһээ Бүлүү Хоротугар биир бастыҥ аһыыр сир, олохтоохтору эмиэ түмэр
Главное
-
22 ноября в 14:42Многодетным матерям Якутии вручили госнаграды в преддверии Дня матери
-
22 ноября в 14:18Борьба с киберпреступниками. Более 800 миллионов рублей похищено у якутян мошенниками
-
22 ноября в 13:56Действовать чётко и слажено. В Якутске прошли учения по ликвидации разлива нефтепродуктов
-
22 ноября в 13:36Ледоколы и буксиры. В Якутске речники продолжают работать в экстремальных условиях
Үөрэ-көтө, ылыы-туойа, дууһаларын ууран туран, кыргыттар ас астыллар. Оттон Үөһээ Бүлүү Хоротугар турар - аччыктаабыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр тустаах улуус биир бастыҥ аһыыр сиринэн буолар. Остолобуой хаһаайката Мария Габышева дууһатын ууран туран үлэлиирэ киһи хараҕар быраҕыллар. Дьиэтэ-уота тупсаҕайа, аһын-үөлүн ассортименын арааһа ыалдьыттары угуйар, аһыыр сир аана сабыллыбат.
Кырдьык, күннэтэ сыана үрдүү турар балысхан кэмигэр, остолобуой сыанатын уруккутунан тутар диэн хаһаайка Мария Габышева кэпсиир. Барыта дьон туһугар диэн сыалланан ыытыллар үлэ - олохтоохтору эмиэ түмэр. Уопсайа билигин бэйэ дьыалалаах хаһаайка 15 үлэ миэстэтин таһааран, хамнастарын лоп курдук биэрэр, уоппускалатар.
"Үгүгэй коллективтаахпыт. Мария Николаевна дьонун дьаһайара, тутара, көрөрө-истэрэ барыта үчүгэй. Мин кэргэмминээн үлэлиибин. Үлэбитигэр таһаллар, илдьэллэр-аҕалаллар. Хамнаспыт үчүгэй, сылга хас да төгүл онно-манна сынньанан, күүлэйдээн кэлэбит. Сири-дойдуну көрөбүт, быйыл эмиэ барыахпыт", - диэн остолобуой үлэһитэ Татьяна Чиряева кэпсээтэ.
Хаһаайка бу үлэтин таһынан, улууһу кытта ситимнээх үлэни ыытар. Ааспыт 2022 сылын түмүгүнэн, Мария Габышева Үөһээ Бүлүү улууһун бастыҥ урбаанньытынан ааттаммыта.
"Сыанабытын үрдэппэппит. Хайдах арыллыбыт да, оннук турар. Былырыын Олоҥхо ыһыаҕа буолбута. Онно Владимир Семенович Поскачин биһиэхэ улахан көмө биэрбитэ. Урбаанньыттарга диэн миэстэ таһааран урбаанньыттарга олус үчүгэй балаҕаннары туппута. Сыл ахсын онно баран аны атыылыыбыт", - диир остолобуой хаһаайката Мария Габышева.
Бу курдук эдэр эрчимнээх эргиэмсик Мария Габышева, туохтан да толлон турбакка, иннин хоту барар, айан дьонун күндүлүүр, олохтоохторун маанылыыр.