Игирэ төрөөһүнэ элбиир

21

2022 сылга Саха сиригэр 120 тахса игирэ уонна 4 үс игирэ оҕолор төрөөбүттэр. Бу туһунан регионнааҕы саахса салалтата иһитиннэрэр. Ол курдук 37 дьиэ кэргэҥҥэ игирэ оҕолор бастакы оҕолоро буолбуттар, оттон биир ыалга 7-с уонна 8-с оҕонон игирэлэр күн сирин көрбүттэр. Оттон үс игирэ оҕо төрөөбүт ыала тута элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн буоллулар. Маныаха бу төрөөбүт оҕолортон уолун ахсаана баһыйар.