Мииринэйдэр 19 мөлүйүөнү түөкүттэргэ албыннаппыттар

38

Мииринэй оройуонун олохтоохторо икки ый иһигэр түөкүттэргэ албыннатан 19 мөл. солкуобайы ыыппыттар. Ол курдук эмсэҕэлээччиттэн полиция үлэһиттэрэ туоһуласпыттарынан, төлөпүөн нөҥүө билбэт киһитэ баан үлэһитэбин диэн  кубулунан анал сыһыарыыны төлөпүөнүгэр туруоттаттарбыт. Бу сыһыарыы төлөпүөн иһин барытын көрөр, ыраахтан олорон тугу баттыырын хонтуруоллуур бырагыраамма эбит. Түөкүн албыннаан бэйэтин счетугар харчыны ыыттарбыт. Ис дьыала үлэһиттэрэ "билбэт нүөмэргит эрийэн харчы эпирээссийэлэрин оҥорорго күһэйэрин истимэҥ, итэҕэйимэҥ" диэн сэрэтэр.