Ититии, уот-күөс эбийиэктэригэр саахал тахсыытынан бэрэбиэркэ ыытыллар

30

Саха сирин прокуратуурата ититии, уот-күөс эбийиэктэригэр саахал тахсыытынан бэрэбиэркэ ыытар. Дьокуускайга, Алдаҥҥа, Миирнэйгэ, Ленскэйгэ, Дьааҥыга уо.д.а. улуустарга тахсыбыт саахаллар болҕомтоҕо тураллар. Бэрэбиэркэ үгүс эбийиэктэргэ барбыт түмүгэ таҕыста.   Эппиэтинэстээх тэрилтэлэргэ, салайааччыларга административнай дьыалалары көбүттүлэр. Сорохторго сэрэтии бэрилиннэ. Прокуратуура "бэрэбиэркэ салҕанар" диэн этэр. Ааспыт сылга олоххо суолталаах эбийиэктэргэ саахал тахсыыта элбээбит уонна үүммүт сылга бу көрдөрүү салҕанар.