Дьиэ кэргэн ферматын тэрийиигэ грааны ылыы бэрээдэгэ уларыйда

25

Саҥа усулуобуйанан, 10 мөлүйүөннээх грааҥҥа хайаан да 1 үлэ миэстэтин тэрийиэхтээх. Урут 3 үлэ миэстэтэ диэн ыйыллар этэ. Манна эбии 10 баалы арктика олохтоохторо ылаллар. Сүрүн ирдэбиллэр оннунан хаалаллар. Дьиэ кэргэн ферма хаһаайыстыбата 12 ыйтан элбэх болдьоххо  бэлиэтэммит буолуохтаах. Ферма аччаабыта 2 киһиттэн туруохтаах уонна судаарыстыбаҕа иэһэ суох буолара ирдэнэр