Жатайдааҕы судоверфь тутуутун бастакы түһүмэҕэ түмүктэнэн эрэр

34

Өрөспүүбүлүкэҕэ баараҕай бырайыак тутуутугар болдьохтон хаалыы суох. Үлэ хаамыытыгар коронавирус ыарыы тарҕаныыта уонна анал байыаннай эпэрээссийэ атахтаабыт эрээри, билигин тимир, мас тутуу матырыйааллара барыта толору хааччыллан тураллар. Эбийиэк Россиятааҕы судаарыстыбаннай бырагыраамманан тутуллар. Манна инникитин 700 кэриҥэ үлэ миэстэтэ тахсыаҕа. Өрүс, муора суудуналара оҥоһуллар буолуохтара.