Жатайга кэлэр навигацияҕа бэлэмнэнии үлэ барар

53

ЛОРП үлэһиттэрэ суудуналары муустан илиинэн көйөн хоннороллор. Уу суудуналарын муустан босхолооһун быйыл айылҕа көмөтүнэн чэпчээтэ. Үлэһиттэр муус халыҥыттан көрөн аҥарын усталлар. Тымныы халлаан хаалбыт мууһу түргэнник тоҥорон, халыҥатан биэрэн көмөлөстө. Билигин өрөмүөнү 23 суудуна кэтэһэр. Манна танкердар, таһаҕаһы тиэйэр суудуналар, краннар уонна бааржалар бааллар. Билигин өрүс үлэһиттэрэ номнуо үлэ 40% бүтэрдилэр, болдьохтон хаалыы суох.