"Якутия" авиахампаанньа төрүттэммитэ 20 сылын үбүлүөйдээтэ

25

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ үлэһиттэр, бэтэрээннэр уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар кэллилэр. Бу күҥҥэ авиахампаанньа бочуоттаах үлэһитэ диэн ааты олохтоотулар. Бастакы анал ааттары авиахампаанньа бастакы генеральнай дириэктэригэр Иван Простикка уонна бастакы рейсы оҥорбут хамандыырга Владимир Компаниецка анаатылар. 20 сыл тухары көтөр аалы көтүтэр хампаанньа социальнай хайысхалаах үлэлээн кэллэ. Барыта 14 млн. кэриҥэ айанньыты тиэйдилэр-тастылар. Тэрилтэ дойдуга бастакынан Сухой СуперДжэт 100 диэн саҥа лайнеры үлэлэппитэ.