Усть-Кутка суудуналарын кыһыҥҥы туруорууттан, муустан босхолууллар

24

АЛРОСА-Лена хампаанньа үлэһиттэрэ кэлэр навигацияҕа бэлэмнэнии үлэлэригэр киирдилэр. Кинилэр суудуналары муустан илиинэн көйөн хоннороллор. Уу суудуналарын муустан босхолооһун быйыл уустуктаах буолла, төрүөтэ өр кэмнээх тымныы күннэр турбуттара буолар. Үлэһиттэр салҕыы суудуна аннын уонна салайар тэрилин өрөмүөннүөхтэрэ. Өрөмүөҥҥэ 10 уу аалын, 4 бааржаны туруоруохтара. Үлэ былаан быһыытынан баран иһэр.