Үҥкүүһүттэр таһырдьа хабараан тымныыга, сатабылларын көрдөрдүлэр

Главное
-
18 сентября в 10:30Главная тема юбилейной Всероссийской недели охраны труда в 2025 году — народосбережение
-
18 сентября в 10:15В Якутске утонул человек в озере Сайсары
-
18 сентября в 10:00В Якутии продолжается выкуп земельных участков для строительства Ленского моста
-
18 сентября в 09:47Дорога "Мухтуя" будет приведена в нормативное состояние к 2028 году
Кинилэр халыҥ таҥастаах, түүлээх сонноох, этэрбэстээх нарын-намчытык үктэнэн, хамсанан-имсэнэн эттэрин-хааннарын сылыттылар. Марина Кузьмина салайааччылаах үҥкүү бөлөҕүн дьахталлара, таһырдьа араас хабааннаах тэрээһиннэргэ кыттар үгэстээхтэр. Кинилэр 56 кыраадыс томороон тымныыга үҥкүүлэрин, илиҥҥи саҥа дьылга анаан, үүммүт сылы уруйдаатылар. Онон Саха сирин олохтоохторо тымныыттан чаҕыйбаттар, дьиэҕэ бүк түһэн олорботтор, таһырдьа үҥкүүлүүллэр, уруһуйдууллар, кэрэҕэ тардыһаллар.