Горнай улууһугар Дьоруой ийэлэри чиэстээтилэр

Главное
-
27 января в 04:28В Якутии продолжат эксперимент по искусственному вызыванию осадков
-
27 января в 03:56-58 градусов зафиксировано в селе Тонгулах
-
27 января в 03:26Итоги третьего тура Кубка Главы Республики Саха (Якутия) - этапа Кубка России среди мужчин
-
27 января в 02:58Айсен Николаев завершил рабочий визит в Республику Казахстан
-
27 января в 02:26В Якутске пожарными спасён автосервис
Бу күннэргэ Бэрдьигэстээх нэһилиэгин "Оҕо модельнай библиотекатыгар" Ил Дархан биллэрбит, ааспыт Ийэ сылын түмүгүн таһаарар, Дьоруой Ийэлэри ахтар-чиэстиир тэрээһин ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ "Саха сирин 21 үйэтин Дьоруой Ийэлэрэ" диэн өрөспүүбүлүкэ ийэлэрин сырдатар, кэпсиир саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт энциклопедия сүрэхтэннэ. Кинигэҕэ Бэрдьигэстээхтэн 9 герой ийэ киирдэ. Бу күн Дьоруой Ийэлэр оҕолоро, уруулара, сиэннэрэ кэлэннэр, сылаас тылынан күндү дьоннорун аҕыннылар.
Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах кинигэҕэ, нэһилиэк ийэлэрин туһунан ахтыылары хомуйууга, оҕо бибилиотекатын үлэһиттэрэ кыһамньылаахтык үлэлээтилэр. Оҕо иитиитигэр ураты сыһыаны, дьиэ кэргэн үгэстэрин, элбэх оҕону бииргэ тутан, сатабыллаахтык иитии кистэлэҥнэрин, үтүө холобурдары көрдөрөр кинигэ өрөспүүбүлүкэ хас биирдии ааҕааччытыгар туһуланар.