Быйыл хаһааҥҥытааҕар да тымныы кыһын буолан, үлүйүү элбээтэ

29

Өрөспүүбүлүкэтээҕи ожоговай салаа 50 куойка миэстэлээх, онтон билигин улахан аҥара ыарыһаҕынан туолан турар. Мантан 50% үлүйүү диэн быраастар этэллэр. Сүрүннээн, илиини-атаҕы, иэдэһи, муруну үлүтүү бэлиэтэнэр. Ожоговай салааҕа сытааччылар үлэлиир кыахтаах дьон буолаллар, кинилэртэн 70% аһыы утаҕы иһэн  эчэйиини ылбыттар. Эмчиттэр үлүйбүт сири ньиккэрийэн аалар табыллыбат, араас мааһынан, спииртинэн сотор эмиэ табыгаһа суох диэн этэллэр. Улахан үлүйүүнү быраас эрэ сөпкө эмтиир кыахтаах.