Быйыл Саха сиригэр 17 саҥа оскуола үлэҕэ киирэрэ былааннанар

48

Уопсайа 4 875 эбии миэстэ баар буолуоҕа. Онон 2023 сылга 20 эбийиэк тутуллуоҕа, 17 оскуола уонна 3 салҕааһын. Салҕааһыннар Дьокуускай куорат уонна Хатас оскуолаларыгар оҥоһуллуохтара.  Саамай элбэх миэстэлээх, 990 оҕо киирэр, үөрэх кыһата Дьокуускай ДСК микрооройуонугар тутуллуоҕа. Үөрэх эбийиэктэрэ Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар уонна Арктика оройуоннарыгар киирэллэрэ былааннанар диэн үөрэх министиэристибэтэ иһитиннэрэр.