Дьокуускайга баһаарынайдар үөрэхтэрэ буолла

45

Атыы-эргиэн дьиэтигэр уот ситимигэр кээһэнии тахсан, баһаар бэлиэтэннэ.  Иһитиннэрии киирэтин кытта, 43 уоту кытта охсуһааччы, полиция, суһал медициинэ көмөтө тутатына кэллэ. 10 анал тиэхиникэ көмөлөстө. Атыы-эргиэн дьиэтиттэн дьону күрэттилэр. Үөрэх төһө да номоҕунан бардар, баһаарынайдар сып-сап туттан, дьиэҕэ кэлээт хостору сыныйан көрдүлэр. Баһаары умуруордулар. Уот содулун үөрэтии уонна умуруоруу, барыта 9 мүнүүтэни ылла.