Горнай Бэрдьигэстээҕэр "Үтүө санаа харыйата"  аахсыйа тэрилиннэ

56

Бу күннэргэ Горнай Бэрдьигэстээҕэр байыаннай дьайыыга кыттыыны ыла сылдьар эр дьон оҕолоругар анаммыт,  "Үтүө санаа харыйата"  аахсыйа тэрилиннэ. Сарсыардааҥҥы оҕо бырааһынньыгар Тымныы оҕонньор кэлэн Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттаран, оҕолору үөртэ. Саҥа дьыллааҕы алыптаах күҥҥэ кэһии манан эрэ бүппэтэ.

Бэрдьигэстээх нэһилиэгин дьаһалтатын иһинэн үлэлиир ыччат агенствота, "Үтүө санаа харыйата" аахсыйаны быйыл 7 төгүлүн ыытар.  Бу сыллар тухары тэрилтэ кэлэктииптэрэ, биирдиилээн дьон, тэрилтэ салайааччылара, урбаанньыттар элбэх оҕолоох, алын дохуоттаах, доруобуйаларын туругунан хааччахтаах оҕолорго саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри оҥороллоро үтүө үгэс буолла. Быйылгы тэрээһин анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт эр дьон оҕолоругар ананна. аахсыйаҕа 18 тэрилтэ кыттыыны ылла.

"Бу Бэрдьигэстээх нэһилиэгиттэн быстах хомуурга барбыт 30 киһилээхпит. Онтон 18 диэри саастаах оҕолордоох 19 дьиэ кэргэн баар. Аахсыйа бу оҕолорго анаан тэрилиннэ. Уопсайа 18 тэрилтэ, уопсастыбыннай түмсүүлэр, төүлбэ салайааччылара, улуус дьокутааттара көхтөөх кыттыыны ыллылар", - диэн Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыга Ксения Васильева иһитиннэрдэ.

Оҕолорго анаммыт тэрээһиҥҥэ Мэхээлэ Дьөгүөрэп аатынан сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ "Ойуур кыыллара Теремокка мусталлар" саҥа дьыллааҕы остуоруйаны туруоран көрдөрдүлэр. Остуолга дэлэй минньигэс ас-үөл тэлгэннэ, кулууп дьиэтэ мандарин сытынан дыргыйда.

Маны таһынан, эбии үөрэхтээһин киинигэр сылдьар оҕолорго, тэрилтэ бэйэтин соһуччу бэлэхтэрин оҥорон, оҕолору үөртэ. Ону тэцэ, байыаннай дьайыыга кыттыыны ыла сылдьар улуус 67 эр дьонун дьиэ кэргэттэригэр анаан, улуустааҕы бэтэрээн сэбиэтин пуондатыгар, улуус дьаһалтата уонна тэрилтэлэр кыттыгастарынан  киирбит үбүнэн "Горнай ас" уонна "Горнай мясо продукт" олохтоох оҥорон таһаарааччылар үрүҥ астан уонна эт астан бородууксуйаларын туттардылар.

"Оҕолорбутугар наһаа үчүгэй сынньалаҥ тэрийдилэр, алыптаах киэһээни бэлэхтээтилэр. Бэлэх бөҕө туттулар, оонньуу-көрүлүү сылдьаллар. Пандемия өр туран, тэрээһиннэргэ өр сылдьыбатах буолан, оҕолорум үөрүүлэрэ муҥура суох. Онон Бэрдьигэстээхпит нэһилиэгин дьаһалтатыгар, тэрилтэлэрбит үлэһиттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин", - диэн Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын кэргэнэ Яна Агеева санаатын үллэһиннэ.

Саҥа дьыл тыынын бэлэхтиир, оҕолор  сүргэлэрин көтөҕөр үтүө тэрээһинтэн  кырачаан дьон үөрбут харахтара, ийэлэр астыммыт санаалара кэлэр сыл эйэлээх буоларыгар эрэл кыымын сахта. Бу күн оҕолор уонна ийэлэр биир баҕа санааны эттиллэр. Аҕалара, кэргэттэрэ этэҥҥэ, түргэнник дьиэлэригэр төннөн кэлэ охсоллоругар.