2023 сылга хамнас алын кээмэйэ  үрдүөҕэ

85

Дойду президенэ Владимир Путин хамнас алын кээмэйин туһунан федеральнай сокуоҥҥа илии баттаата. Докумуоҥҥа сурулларынан, 2023 сылга хамнас алын кээмэйэ 16 тыһ. 242 солкуобайга тэҥнэстэ. Бу ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ 6,3% үрдүк. Санатан эттэххэ, бу сылга хамнас алын кээмэйин иккитэ улаатыннарбыттара. Тохсунньу 1 күнүттэн 13 тыһ. 890 солкуобайга, оттон от ыйын 1 күнүттэн 15 тыһ. 279 солкуобайга диэри.