Үлэлээбэт пенсионердар тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэлэрэ эрдэ түһүөҕэ

43

Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүллэринэн сибээстээн, үлэлээбэт пенсионердар тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэлэрэ, саҥа дьыл иннинэ түһүөҕэ. Ол эбэтэр, ый саҕаланыыта биэнсийэни ылар аҕам саастаахтарга. Маны таһынан, кэлэр сылга биэнсийэ 4 индексацияланара күүтүллэр. Аан бастаан, страховой биэнсийэни ылааччыларга төлөбүр үрдүөҕэ, бу 4,8%, ортотунан биэнсийэ 1 тыһ солкуобайынан үрдүөҕэ. Индексацияҕа буоларын курдук, үлэлээбэт пенсионердар хапсыахтара.