Саҥа дьыл алыптаах түгэнин оҕоҕо бэлэхтээ

63

Саха сиригэр, үгэскэ кубулуйбут, «Үтүө санаа харыйата» аахсыйа саҕаланна. Быйылгы аахсыйа урукку сыллардааҕар уратылаах буолла. Ол курдук, тулаайах, төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолортон ураты, өссө анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт дьон оҕолорун баҕа санааларын толоруохха сөп. "Үтүө санаа харыйата" аахсыйаҕа Ил Дархан Айсен Николаев кыттыста. Кини "Берегиня" оҕо киинин иитиллээччитигэр уонна байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт дьон оҕолоругар бэйэтин бэлэхтэрин уурда.