Өйдөбүл уонна ытыктабыл иэһэ

48

Дойду дьоруойдарын күнүгэр, Нерюнгри технологическэй колледжыгар, "Дьоруой паартата" баар буолла. Өйдөбүнньүк тутуу, Иенграттан төрүттээх колледжы бүтэрбит уонна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ытык иэһин толоро сылдьан, суорума суолламмыт Станислав Кронгаузуга ананна. Станислав байыаннай сорудах кэмигэр, бааһырбыт хамандыырын быыһаары, сырдык тыына быстыбыта. Кини өлбүтүн кэнниттэн, "Эр санаа" уордьанынан наҕараадаламмыта. "Дьоруой паартата" бырайыак ис хоһоонунан, паартаҕа бастыҥ көрдөрүүлээх, туйгун үөрэхтээх  устудьуоннар олороллор.