Тыа сиригэр сынньалаҥ комплекстра сайдаллар

117

Оттуллубут оһох тыаһа киһи санаатын көнньүөрдэр, тымныыттан киирбит киһини ириэрэр. Ермолаевтар дьиэ кэргэн 4 сыллааҕыта арыйбыт дьону сынньатар "Кэҥкэмэ" туристическай комплекстара  быр-бааччы үлэлии турар.

"Бу базаны куонкуруска кыайан 2019 сыллаахха ылбыппыт. Бастакы сылыгар суолун оҥорбуппут. Онтон салҕыы баанньык, түмэл дьиэтин туппуппут. Сынньанааччыларга сылаас ыраас буоларын туһугар үлэлэһэбит" - диэн хаһаайын Юрий Ермолаев үлэтин сырдатар.

Быйыл турбазаҕа ретро-түмэл арыллан, кэлбит ыалдьыттары сэбиэскэй кэмҥэ түһэрэр. Хаһаайыттар экспонаттар 80%  бэйэлэрэ хомуйбуттар. "Сороҕо ыалдьыттар бэлэхтэрэ" диэн хаһаайын үөрүүтүн үллэстэр.

"Кэҥкэмэ" туркомплекс 1 гектар иэннэээх сиргэ, үрэх үрдүгэр тайаан сытар. Оннооҕор кыһын кэрэ көстүү киһини абылыыр. "Чопчу" үрэх үрдүнэн смотровой сирдэр үгүс киһи болҕомтотун тардаллар. Манна хас биирдиитигэр хаартыскаҕа түһэр сирдэр оҥоһуллубуттар.

Ермолаевтар дьиэ кэргэн туристческай дьыалаларын салгыы сайыннарар, кэҥэтэр соруктаахтар. Кыһыҥҥы кэмҥэ комплекс үлэтин тиһигин быспакка ыытар. Онон дьон саҥа дьыллаааҕы уһун өрөбүллэргэ,  куорат аймалҕаныттан тэйэн, айылҕалыын алтыһан сынньанан, ааһыахтарын сеп.