Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Сыл бастыҥ педагог-библиотекара" күрэх түмүктэннэ
Главное
-
23 ноября в 13:02В Русском театре Якутска состоялась премьера спектакля "Евгений Онегин"
-
23 ноября в 11:4324 ноября в 19:00 смотрите программу "ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым" на телеканале "Россия 24"
-
23 ноября в 11:36Глава Якутска встретился с волонтерами общественного движения "Якутия с тобой!"
-
23 ноября в 10:59В Усть-Янском районе пропали двое мужчин
Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Сыл бастыҥ педагог-библиотекара" диэн күрэх түмүктэннэ. Икки күн устата күрэх кыттыылаахтара идэлэригэр анаммыт сорудахтары аастылар. Барыта 11 улуус бэрэстэбиитэлэ кыттыыны ылла. Сыл бастыҥ библиотекара үрдүк ааты Чурапчы улууһуттан сылдьар Туйаара Харлампьева ылла.
Ол курдук буойун-учуутал Степан Макаров аатын сүгэр "Чурапчытааҕы гимназия" педагог-библиотекара Туйаара Харлампьева күрэх сорудаҕынан уруок ыытта. Бу үөрэнээччи информационнай култууратын сүрүн оҥкулларыгар анаммыт уруок. Туйаара Николаевна сүүрбэттэн тахса сыл устата оскуола библиотекатыгар үлэлээн кэллэ.
"Биһиги библиотечнай уруоктары ыыттыбыт. Мустубут идэлээхтэр олус интирэһинэй уруоктары ыыттылар. Оҕолор сүрдээх үчүгэйдик үлэлииллэрин көрдөрдүлэр”, - диэн кини санаатын үллэһиннэ.
"Сыл бастыҥ педагог-библиотекара" күрэх "Үөрэх сайдыытын уонна үөрэҕирии үлэһиттэрин таһымын үрдэтэр институт" көҕүлээһиннэринэн сыллата ыытыллар. Куонкурус икки түһүмэҕинэн барар. Бастакыта кэтэхтэн, онно күрэх кыттыылахтара информационнай саайтарын көрдөрөллөр, ол эбэтэр үөрэнээччилэри, төрөппүттэри, учууталлары кытта хайдах үлэ тэрийэллэрин билиһиннэрдилэр.
"Инники кэмҥэ информационнай систиэмэ сүрдээх улахан оруолланна. Ити хайысхалары педагог-библиотекардарбыт киэҥник уонна ис хоһооннохтук тутта сылдьаллар", - диэн "Үөрэх сайдыытын уонна үөрэҕирии үлэһиттэрин таһымын үрдэтэр институт" дириэктэрин солбуйааччы Ольга Михалёва эттэ.
Ол кэнниттэн күрэхтэһээччилэр кэккэ сорудахтары ааһаллар. Бастакы күҥҥэ оскуола библиотекатыгар ыытар бырайыактыыр үлэлэрин кэпсээтилэр.
Ньурба улууһун бастакы Хаҥалас нэһилиэгин орто оскуолатыттан кэлэ сылдьар Галина Антонова күрэх бэрт тыҥааһыннаах, интэриэһинэй, билиҥҥи аныгы үйэҕэ оҕо информацияны сөптөөхтүк ылан туһанарыгар педагог-библиотекарь өҥөтө улахан диэн бэлиэтиир.
"Библиотека үлэһитэ о5ону аа5ыыга эрэ буолбакка, бу интернет сайдан турар кэмигэр, оҕо информацияны сөпкө ыларыгар ыйан-кэрдэн, салайан биэрээччи буолуохтаах", - диэн кини санаатын үллэһиннэ.
Куонкуруска улуустартан барыта 11 кыттааччы кэлэн күрэхтэстэ. Кинилэр ортолоругар уопуттаах үлэһиттэри тэҥэ, эдэр исписэлиистэр эмиэ бааллар. Кыттаачылары дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Хас биирдии сорудахха хамыһыйа бааллары туруорда.
Бүлүү улууһуттан кэлбит Айталина Харлампьева 36 сыл ыстаастаах учуутал, онтон уон алтыс сылын педагог-библиотекарынан үлэлиир.
"Куонкурска кыттан биһиги Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ педагог-библиотекардарын үлэлэрин көрдүбүт уонна уопут атыстаһаммыт, бэйэбит үлэбитигэр туһаныахпыт диэн көрө-истэ, билсиһэ сылдьабыт", - диэн Бүлүүтээҕи 1 №-дээх алын сүһүөх оскуолатын библиотекарь-педагога иһитиннэрдэ.
Куонкурус библиотекарь идэтин таһымын үрдэтиигэ, итиэннэ таһаарыылаахтык, ситиһиилээхтик үлэлиир педагог библиотекардары өйүүр сыаллаах ыытыллар. Тэрээһин үөрэҕирии систиэмэтин эйгэтигэр быйыл биллэриллибит ааҕыы сылыгар ананна. Түмүккэ кыайыылааҕы тэҥэ номинацияларынан бастыҥ үлэһиттэр ааттаннылар.