Дьиэ кэргэни өйүүр саҥа төлөбүр
Главное
-
6 мая в 15:42Алексей Александров: Участники кадровой программы "Якутия – Земля героев" внесут значительный вклад в развитие республики
-
6 мая в 15:23Рифат Сабитов: "Россия не запрещает говорить – она просто хочет знать, кто говорит. Это и есть основа доверия в цифровую эпоху"
-
6 мая в 15:04Эстафета "Знамя Победы" прошла во всех районах Якутии
-
6 мая в 14:55Сергей Кравцов поддержал инициативы Якутии в сфере образования
2023 сыл тохсунньу ыйыттан, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэни өйүүр, биир кэлим төлөбүр олохтонуоҕа. Бу төлөбүр эрдэ учуокка турбут хат дьахталларга уонна уон сэттэлэригэр диэри саастаах оҕолорго бэриллэр. Тустаах босуобуйа тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах ыалларга төлөнүөҕэ.
Ол курдук, кэнники 10 сылга Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин иһинэн бэриллэр, оҕолору, ийэлэри өйүүр көмө үбүлээһинэ 8,2 төгүл улааппыт, оттон пиэнсийэ пуондатыттан бэриллэр төлөбүрдэри холбоотоххо, 2022 сылга оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ дойду үрдүнэн уопсайа 23 миллиард төлөммүт. Оттон кэлэр сылтан киирэр биир кэлим төлөбүргэ анаан федеральнай бүддьүөттэн уопсайа 1 триллион 700 млрд солкуобай тыырыллыаҕа.
Саҥа төлөбүр кыра дохуоттаах ыалларга төлөнөр 6 босуобуйаны биир кэлим оҥоруоҕа. Холобура, 3-8 диэри саастаах оҕолорго уонна 8 - 17 диэри саастаах оҕолорго төлөнөр босуобуйалары холбуоҕа. Маны таһынан, бу сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕолоох ыал, ханнык төлөбүрү ыларын талыан сөп. Ол эбэтэр, эрдэ бигэргэммит босуобуйалар болдьохторо түмүктэниэр диэри толору төлөнөр. Төлөбүр эрдэ учуокка турбут хат дьахталларга уонна 17 диэри саастаах оҕолорго бэриллэр. Дьиэ кэргэн дохуота киһи тиийинэн олорор кээмэйиттэн кыра буолуохтаах.
Босуобуйа кээмэйэ – оҕо тиийинэн олорор алын кээмэйиттэн 50%, 75% , 100%. Оҕоҕо ыйга тиийинэн олорор харчы төһө тиийбэтинэн көрөн эбиллэр. Күн бүгүн, Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ, ортотунан 21 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр. Үлэлээх дьоҥҥо 22 тыһ. 911 солкуобай, пиэнсийэлээхтэргэ 18 тыһ. 76 солкуобай уонна оҕолорго 21 тыһ. 839 солкуобай.
Саҥа босуобуйаны тэҥэ, ийэ хапытаалын туһаныыга уларыйыы киирэр. 2 киһи тиийинэн олорор алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьиэ кэргэн, ийэ хапытаалыттан төлөбүрү ыйынан уллэрэн ылыахтарын сөп. Манна оҕо хаһан төрөөбүт уочаратыттан тутулуга суох.
Билиҥҥитэ, бу быраабынан иккис эрэ оҕоҕо туһаналлар. Манна даҕатан эттэххэ, ийэ хапытаалын ыйдааҕы сууммата, саҥа биир кэлим босуобуйаны ыларга, дьиэ кэргэн дохуотугар аахсыллыа суоҕа. Биир кэлим төлөбүргэ уонна ийэ хапытаалыттан ыйдааҕы төлөбүрү ыларга сайабылыанньаны кэлэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн биэриэххэ сөп.