Саха сиригэр саамай бөдөҥ алмааһы буллулар

57

Бу алмаас 220 кэриҥэ  караат ыйааһыннаах, быһа холоон грецкэй эриэхэҕэ тэҥ. Ураты сэдэх минерал сырдык саһархай дьүһүннээх. Алмаас күн уотугар оонньуура, чаҕылхайдык күлүмүрдүүрэ кэрэхсэбиллээх диэн исписэлиистэр бэлиэтииллэр. Маннык алмаас олоххо сэдэх көстүү буолар. Россия5а 2000 сылтан баара-суоҕа алтыс алмаас буолар. Инникитин, күндү таас туспа ааттаах буолуоҕа уонна киэҥник биллиэҕэ диэн сылыктыыллар.