Уус-Алдан Баатаҕайыгар Саха сиригэр бастакытын бурдугу олордон килиэп оҥорор тэрилтэ арылынна

55

Уус Алдан улууһугар олохтоох бурдугу мэлийэр сыах үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Өр сыллааҕы сыра үтүө түмүктээх. 15 сыллааҕыта бааһынаны чөлүгэр түһэрииттэн саҕалаабыт тэрилтэ республикаҕа биллэр-көстөр тэрилтэ буола улаатта.

Семён Сивцев, Уус Алдан улууһун тыатын хаһаайыстыбатын сири нүөлсүтүүгэ салаатын салайааччыта,  "Биэттэ-Агро" ХЭТ саҕалааччыта: «Бастакы, иккис суорт, уотурба оҥоробут уонна пекарня баар буолла. Бурдук ас арааһын уонна килиэби оҥоробут. Атын бурдуктан туох да итэҕэһэ суох. Сахабыт сирин науката, учуонайдар өр сыллаах үлэлэрин түмүгэ».

Саха сиригэр үүннэриллибит бэйэ бурдуга кэлии бурдуктан быдан хаачыстыбата үрдүгүн, иҥэмтиэлээҕин науканан дакаастанан турар. Уус Алданнар улуустарын иититтэн тахсан, бүтүн өрөспүүбүлүкэни хааччыйаллар. Бу сылга Саха сиригэр барыта 89 быраһыан ыһыы сиэмэ олохтоох буолла.

Елена Владимирова, ТХНЧИ сири нүөлсүтүүгэ, уунан хааччыйыыга, үүнээйигэ салалтатын сиэмэ, оҥорон таһаарыы уонна суортары чинчийиигэ салаатын салайааччыта: «89% бэйэбит оҥорон таһаарбыт сиэмэбитин ыспыт буоллахпытына, онно кини кылаата улахан».

Саҥа миэлниссэ - хонууга үүнэр туорахтаах култуура атыы лааппытыгар тахсар бородууксуйаны кытта ситимниир сүрүн тэрил буолар. Биир чаас иһигэр 200 киилэ бурдугу мэлийэр. Саҥа аппарааттан тахсыбыт бородууксуйа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар кытта тиксэриллэр.

Василий Сивцев, агроном: «Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытын билсэ-көрсө барыахтаахтарыгар онно гумантирнай көмө быһыытынан бэйэбит бурдукпутуттан көмө оҥорон эрэбит».

Тэрилтэ 659 гектар иэннээх бааһыналааҕыттан 624 гаатыгар сэлиэһинэйи, эбиэһи ыһар, онтон хаалбыт 35 гааҕа уһун сыллаах оттору. Тэрээһин чэрчитинэн тэрилтэ АГАТУ уонна олохтоох оскуоланы кытта бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэҥ түһэристэ. 

Василий Алексеев, "Уус Алдан улууһа" МТ баһылыга: «Бородууксуйабытын өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыгар тиэрдэр курдук үлэлиэхпит. Маны таһынан, "Агро-Биэттэ" бэйэтин сиэмэтин араас улуустарга эмиэ атыылыыр».

Хаһаайыстыба бүтэһик сылларга Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын көрдөрүүтүн өрө таһаарар биир суолталаах тэрилтэнэн биллэр, Бородууксуйатын хаачыстыбатынан, үлэһиттэрин ситиһиилэринэн бүтүн Арассыыйаҕа аатырар буолла.