Сахабыт сирин тыйыс тымныытынан киэҥ туттуу

54

202 түөлбэҕэ "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бэстибээл чэрчитинэн муус оҥоһук күрэҕин иккис түһүмэҕэ. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан, дойду регионнарыттан, маны таһынан Индияттан, Кытайтан, Монголияттан уонна Белоруссияттан кыттааччылар тоҕуоруһа муһуннулар, уопсайа 20 хамаанда.

Сорудах быһыытынан олоҥхо дьоруойдарын чочуйан таһаарыахтаахтар.

Саннытыгар үгүс уопуттаах маастар Василий Аргунов муус оҥоһуктарынан дьарыгырбыта 20-ттэн тахса сыл ааста. Василий этэринэн быйыл халлаан сылаас буолан үлэлииргэ усулуобуйа чаҕылхай, муус даҕаны көнө уонна ыраас диэн санаатын үллэһиннэ. Быйыл төрөппүт кыыһын батыһыннара сылдьар, Екатерина маастар быһыытынан маҥнайгы холонуута - онон удьуор утума салҕанар.

Василий Аргунов, Нам улууһун хамаандатын чилиэнэ, скульптор: «Олоҥхо буоллаҕына бухатыыра суох сатаммат. Үрүҥ Уолан Туйаарыма Куону быыһаары бараары уотун алгыы олорорун оҥоробут».

Екатерина Степанова, Нам улууһун хамаандатын чилиэнэ, скульптор: «Аҥардас бу куонкуруска тиксибиппит чиэс. Аҕабар махтанабын».

Бэрт сотору бу хаар уонна муус түөрт муннуктар чочуллан киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын үөрдүөхтэрэ.

Пётр Дьяконов, "Бриллианты Якутии" күрэх тэрийэр бөлөҕүн үлэһитэ: «Бу күрэхтэһиибит 29 чыыһылаҕа дылы буолар. Түмүгэ Гагарин аатынан култуура уораҕайыгар буолуохтаах».

Күрэх маҥнайгы түһүмэҕэ Орджоникидзе болуоссатыгар ааста, онон куорат киинэ эмиэ харах халтарыйар тупсаҕай көстүүлэнэр. Быйыл Индия хамаандата маҥнайгытын кыттыыны ылар. Ыалдьыттар Саха сирэ тымныытыттан сөҕөллөр. -30 кыраадыс турдар, атын хамаандалартан хаалсыбакка үлэ үгэнигэр сылдьаллар. Орджоникидзе болуоссатыгар оҥоһуктар Дьокуускай куорат тэриллибитэ 395 сылыгар туһуланнылар.

Бэстибээл чэрчитинэн, муус оҥоһуктары таһынан, Саха сирин ууһуттара муустаах ууга умустулар. Уопсайа уонча киһи бу үөрүүлээх тэрээһини көтүппэтэ. Бу көрүҥ бастатан туран киһи иммунитетын хас да бүк бөҕөргөтөр уонна саамай сүрүнэ киһи ис туругун, өйүн-санаатын сааһылыыр диэн бэлиэтииллэр. Ол эрэн сыыйа эти хааны үөрэтэн, өр дьарыктанан маннык усулуобуйаҕа сөтүөлүүр кыахтанаҕын.

Николай Софронеев, Тымныы ууга устааччылар түмсүүлэрин салайааччыта: «Син элбээн иһэбит, эдэр дьоннор кэлэллэр. Кыһын кэлэн саҕалыыллар, ол сыыһа. Сайын саҕалыахха наада».

Бэстибээл сэтинньи 23 күнүттэн ахсынньы 6 күнүгэр диэри ыытыллар. Бу күннэр устата араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.