Өлүөнэ өрүһү көҥүлэ суох туоруур массыыналары кэтиир холбоһуктаах рейдэлэр күүһүрдүлэр

59

Төһө даҕаны полиция  тохтото сатаабытын иһин массыына айанын суолун салгыы суобаһа суох тута турда. Ол эрэн туһааннаах устуулары иниспиэктэрдэр оҥордулар. Буруйдааҕы быһаарыыга үлэ саҕаланыа. Куттал суоһуурун билиммэккэ, хомойуох иһин,  өрүскэ сырыы оргуйан олорор.

Ол эрэн мүлчү туттарар бука барыларыгар сатаммат.  Аны харах далыгар микроавтобус эбэни уҥордаан иһэрин тохтоттулар.

Суоппары массыына иһигэр киллэрэн сэрэтэр-өйдөтөр үлэни ыыттылар, тустаах боротокуол толорулунна.

Айанньыт эппиэтинэһэ суох быһыыны оҥорбутун өйдүүр, онон сирэйин устар камераттан  кистиир.

Дмитрий Павлов, Административнай хамыыһыйа сүрүннүүр исписэлииһэ: «Физическай сирэйдэргэ 3-5 тыһ. ыстыраап. Дуоһунастаах сирэйдэргэ 20-50 тыһ. ыстыраап. Оттон юридическэй сирэйдэргэ 100 тыһ. мөлүйүөҥҥэ дылы ыстыраап буолуон сөп».

Эппиэтинэскэ тардыллыбат баҕаттан нүөмэрдэрин устар эбэтэр тэрээпкэнэн бүрүйэр түгэннэрин бэлиэтии көрөбүт. Оттон сорохтор сулууспалар массыыналарын ыраахтан көрөн муус үрдүгэр тохтоон тураллар эбэтэр атын суолунан тумнан ааһаллар.

Өрүс хаһан даҕаны биир кэм тоҥмот, омос көрдөххө халыҥ курдук эрээри сэрэхтээх. Быйылгы дьылга мууска тимир көлө батары түһүүтэ тахса турар.

Артур Рукавишников, Дьоҕус кээмэйдээх суудуналарга Саха сиринээҕи 1-кы нүөмэрдээх салаа судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ: «Раз в пару дней какая-нибудь машина захочет переехать по водоему, лед неокрепший, и, дай бог что, люди, к счастью, выживают. То есть тонет не вся машина, а небольшая ее часть».

Маннык хабааннаах тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар өссө күүһүрүөхтэрэ. Уоран туоруур массыыналар элбээбиттэринэн сибээстээн аны кэлэр рейдэлэр ГАИ кыттыгастаах барыахтара. Халыҥыы илик мууска массыынанан айанныыр киһи олоҕор кутталлааҕын өссө төгүл санаталлар.