Нам улууһун Модут нэһилиэгэр муус оҥоһуктар күрэхтэрэ 10 сылын ыытыллар

40

Тымныыны тымныы диэбэккэ таһырдьа муустан чочуллан алыптаах эйгэ чочуллар. 10 сылын Нам улууһун Модутугар аптаах алыптаах муус остуоруйа - муус оҥоһуктарга күрэх ыытыллар. Нэһилиэк эр дьоно Кэнчээри оҕо саадын тула сарсыардаттан мустан, бастыҥ оҥоһугу чочуйан таһаарарга  илин кэлин түсүһэллэр.

Лена Дьяконова, "Кэнчээри" оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ, күрэҕи тэрийээччи: «Иитиллээччилэрбит аҕалара, олохтоох тэрилтэ хамаандалара буолан мустаннар сэтинньи ыйга биһиги оҕолорбутугар уһуйаан тэлгэһэтигэр аптаах-алыптаах остуоруйа эйгэтин тэрийэллэр».

Модуттар тумус туттар киһилэрэ Василий Аргунов номнуо аатын аар саарга аатырдыбыт киһи буолар. Кини муус оҥоһукка аан дойду таһымнаах маастар. Кини уопутун, үөрүйэҕин хаалларар соруктаах бу тэрээһин  ыыттыллар. Бу кэм устата Василий Артемьевич үгүс дьону бу эйгэҕэ уһуйда.

Василий Аргунов, муус оҥоһукка аан Дойду таһымнаах маастар, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ: «Кыргыттары такайбытым. Кэрэ аҥардар хамаандалара аан дойдутааҕы таһымнаах маастардар буолан сылдьаллар».

Муустан ыллын да, мээнэ быһыыны таһааны оҥорбоккун. Скульптуура улахан үлэни эрэйэр. Быйылгы күрэх оҕо остуоруйатын дьоруойдарыгар ананна.

Төрөппүт, аҕа Григорий Осипов бу күрэххэ хаһыс да кыттыыта, сыллата син уопутуран, мууһу кытары туох да эҥкилэ суох үлэлиир. 

Григорий Осипов, күрэх кыттааччыта: «Бэйэбит оҥорбут үнүстүрүмүөннэрбит. Бу курдук, ледобур быһаҕын, баттах кырыйар массыына быһаҕын ылан сыбааркалаан туттабыт».

Бу күн уһуйаан иитиллэччилэрэ күрэхтэһээчилэри эҕэрдэлээтилэр. Бырааһынньык тыына мустубут дьон сүргэтин көтөхтө. Онтон бастакы миэстэни Модут ыччата Сыһыы Таман ылары ситистэ.

Сыһыы Таман, күрэх кыайыылааҕа: «Сытыы буолар, кытаанах. Барыта анал үнүстүрүмүөннээх буоллахха оҥороҕун. Сүрүнүн “Дружбанан” эрбиигин».

Саха сирин тыйыс тымныытын кердерер биир бэлиэбит – муус оноһуктар саҥа дьыл тыынын аҕалаллар. Модукка номнуо ол тыын илгийдэ.