Саха сиригэр тыйыс тымныы күннэр саҕаланнылар

78

Саха сиригэр 40 кыраадыстаах тымныылар түстүлэр, уһун сылаас күннэр кэннэ дьон даҕаны, тиэхиньикэ даҕаны кыһыҥҥылыы сылаастык таҥыннылар.

Куорат кытыытыгар сылаас тохтобул аҕыйах буоллаҕына, киинигэр биллэ элбээтэ. Герман Титов уулуссаҕа уонна Звезднай дьоҕус түөлбэ олохтоохторун икки саҥа сылаас тохтобул үлэҕэ киирэн үөртэ.

Аныгылыы тупсайҕа көтүүлээх, сырдык дьиэ. Бүтүннүү таас түннүктээх, скамейкаҕа олорон эрэ автобус кэлэрин күүтэллэр. Дьэ тоҥмот буоллубут диэн санаалара көтөҕүллэн олорор

Любовь Вершинина, Дьокуускай олохтооҕо: «Сейчас холода начались – пожалуйста, пришёл, сел в тепле, ждёшь автобус. Район большой, разрастается, а тёплой остановки не было, очень неудобно было. Сейчас это прекрасно».

Гараж суох - "Наташа" баар. Устудьуон Василий Полускин тимир көлөтө суох сатаммат - үөрэҕэр барарыгар-кэлэригэр эрэллээх ата солбуллубат атас буолар. Билигин таһырдьа тымныйан норуокка таптаан "Наташа" диэн ааттанар суорҕанынан бэрийэр.

Хос хамсаныы элбээбитин да иһин, кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга үөрэххэ сылдьыы тохтообот

Василий Полускин, Дьокуускай олохтооҕо: «Массыына таһырдьа сатаан турбат буолла, ол иһин массыынабын “Наташанан” бүрүйэбин. Гарааһым суох, ол иһин маннык кыстаары бэлэмнэнэ сылдьабын».

Арҕаа циклон былыттара кэлэннэр арҕаа уонна соҕуруулуу-арҕаа улуустарга ааспыт нэдиэлэҕэ сылаас, хаардаах күннэр турдулар. Дьиҥнээх тымныы кыһын ааспыт өрөбүл күнтэн саҕаланна. Бу күннэргэ Хотугулуу-Илиҥҥи улуустарга -44,-45 кыраадыс тымныы , киин улуустарга -35,-40 кыраадыс тымныы турара сабаҕаланар.

Саргылаана Никитина, Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа күн-дьыл туругун сылыктыыр салаа салайааччыта: «Киин куоракка сэтинньи ый 17-18 чыыһылаларга сөҥүүтэ суох, сарсыарда туманнаах, түүҥҥү температура -36,-38, күнүһүн -30,-33 кыраадыс. Сэтинньи 19 күнүгэр күнүһүн кыралаан хаардыа. Түүнүн -34,-36, күнүс -30,-32 кыраадыс сабаҕаланар».

Бу курдук сотору кэминэн актированнай да күннэр баар буолуохтарын сөп. Санатан эттэххэ, алын сүһүөх кылаастарга салгын -45 кыраадыстан намыһах турдаҕына, орто сүһүөххэ -48, оттон улахан кылаастарга -50 кыраадыс уонна онтон тымныйдаҕына үөрэх тохтуур.