Саха сиригэр кыстык хаамыыта
Сахалар кыстыкка этэҥҥэ киирдилэр. Нам улууһун Модутугар хаһыс да сылын "Саха" диэн ааттаах кээпирэтип нэһилиэнньэттэн, кэтэх хаһаайыстыбылаах ыалтан ынахтары кыһыны кыстата ылаллар.
Маннык табыгастаах ньыма баар буолан Модукка хороҕор муостаахтар, сыспай сиэллээхтэр ахсааннара аҕыйаабакка турар. Дьон хаһаайыстыбатын эспэккэ, кыһыҥҥы томороон тымныыларга улахан уопсай хотоҥҥо туруоран, кыстыгы хайдах туоратарга төбөтө ыалдьыбат. Сүөһү аһылыгын ыаллар бэйэлэрэ хааччыйаллар.
Николай Ядрихинский, Модут нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ: «Оппуттун чааһынайдар бэйэлэрэ аҕалаллар. Тиийэр диэн суоттаан олоробут. Түннүк аайы миэстэлээхтэр. Хаһаайыстыбалар саас ыыллар».
Онтон манна даҕатан эттэххэ, Модут нэһилиэгэ Нам улууһугар тыа хаһаайыстыбатын хайысхатынан биир тарбахха баттанар сэлиэнньэ буолар. Өлүөнэ эбэ кытылынан турар буолан, Модуттар арыыга оттууллар. Быйыл уу кэлэн, окко күчүмэҕэйдэри көрүстүлэр. Ол да буоллар сыл тахсар отторун буллуллар.
Ефим Гоголев, Модут нэһилиэгин аҕа баһылыга: «От хаачыстыбата мөлтөх, барыта буор. Ол иһин забой саҕана сүөһү иһэ хап-хара. Кыстык хайдах буолара саас көстүө».
Онтон күн бүгүн Саха сирин үрдунэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн 189 тыһынча хороҕор муостаах уонна 229 тыһ. сыспай сиэллээх кыһыны туорууллар.
Василий Бессонов, Василий Бессонов, СӨ ТХМ кыылы-сүөлү иитии салааларын, племенной үлэни, кээпэрээссийэни уонна дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбалары сайыннарыыга департаменын салайааччы: «Кыстыкка киирэрбитигэр 427 тыһ. туонна аһылыктаахпыт. Ол иһигэр 391 тыһ. туонна от буолар, сенажпыт 9,5 тыһ. туонна уонна сиилэспит 13 тыһ. туонна».
Онтон Нам улууһун Модуттара кытыгы этэҥҥэ туоруурга үлэ үөһүгэр сылдьаллар.