Олохтоох нэһилиэнньэни өйөөһүн.

48

Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин элбэх оҕолоох Егоровтар дьиэ кэргэттэрин сарсыардата сибиэһэй сымыыты хомуйуутуттан саҕаланар. Быйыл тустаах нэһилиэккэ 5 кууруссаны буор босхо түҥэтэн олохтоох нэһилиэнньэ үөрүүтэ баһаам. Бастатан туран көтөрдөрү элбэх оҕолоох ыалларга түҥэппиттэрэ.

Егоровтар дьиэ кэргэн хаһан да куурусса диэни иитэ иликтэр, бу  аан бастакы холонуулара буолар. Онон аҕа баһылык бэйэтин илиитинэн дьоҕус, 5 кууруссаҕа сөптөөх уйа туппут. Көтөрдөр  сарсыарда уонна  киэһээ иҥэмтэлээхтик аһааннар, Егоровтар күннэтэ сибиэһэй сымыыты сии олороллор.

Василий Егоров, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин олохтооҕо: «Баһылык Максим Силигиянов быйыл бу куурусса босхо биэртэлээн сибиэһэй сымыыт сиэммит үөрэн-көтөн дьоллонон турабыт. Син сымыыт биэрэллэр. Уйабытын кэҥэтиэхпит, өссө элбэҕи биэрэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт».

Манна даҕатан эттэххэ, сымыыт киһи доруобуйатыгар олус туһалааҕын наука үлэһиттэрэ тоһоҕолоон этэллэр.  Бу көрүҥ бородууксуйаҕа элбэх белок, Б бөлөх итиэннэ А, Д уонна Е битэмииннэр бааллар. Сымыыт киһи мэйиитин үлэтин, болҕомтолоох буолууга туһалыыр, маныаха эт-сиин бөҕөргүүрүгэр улахан оруоллаах. Онон сайыҥҥы чээлэй күөх салгыҥҥа оҕолор да, улахан дьон да бу көрүҥ бородууксуйаны сиэн кыһыҥҥы битэмииннэрин хаһаана турдахтара.

Юлия Васильева, "Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ" МТ дьаһалтатын исписэлииһэ: «92 ыалга сайаапканан хомуйан куурусса босхо түҥэттибит. Иннэ гынан ыаллар түргэн баҕайытык туттаннар сибиэһэй сымыытынан сии олороллор. Нэһилиэнньэҕэ кыратык күүс-көмө буолан үлэни ыытабыт».

Онон күн бүгүн Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин 90 ыала күннэтэ сибиэһэй бородууксуйаны сии олороллор. Былаан өссө да киэҥ.

Максим Силигиянов, “Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ” МТ баһылыга: «Быйыл Тыа хаһаайыстыба сылынан биллэриллибитэ, онон ол чэрчитинэн тыа хаһаайыстыбалаахтарга көмө оҥорон. Ити практика үчүгэй дии санаатым, ол иһин эһиил эмиэ 1000 куурусса аҕалан түҥэтиэхтээхпит».

Манан тохтоон хаалбакка эһиил Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр сиэмэ хортуосканы олохтоох нэһилиэнньэҕэ түҥэтии былааннанар.