"Саюри" тэпэлииссэ тыйыс килиимэти ахсыбакка үлэлээбитэ быйыл оруобуна 10 сыла

54

Агрономнар бу үүнээйи хас биир саҥа сэбирдэҕэр оҕолуу үөрэллэр. Кинилэр аны бу сырыыга банан олордорго холоммуттар. "Саюри" теплица исписэлиистэрэ соҕуруу үүнээйигэ уопуттаахтар. Бу турар папайялары  онноҕор сиэмэттэн таһааран ас ылбыттара. Оттон бананы иккис ыйын бүөбэйдииллэр, номнуо 5-6 сэбирдэх тахсыбыт.  

Афанасий Федотов, "Саюри" теплица агронома: "өссө улаатыахтара диэн эрэнэбит. Алтынньыга диэри 3 миэтэрэ үрдүктээх буолуохтара. Бастакы аһын сыл бүтүүтэ баҕар боруобалыахпыт".

Сыл хайа баҕар кэмигэр манна оҕуруот аһа эргиччи ас кутар. Биир быһыыга ортотунан 5 туонна помидор хомуллар, оттон хомуур күн өрүү-өрүү оҥоһуллар. Манна күн сырдыгын улахан лаампалар оттон, иҥэмтиэлээх буору кокос утахтарыттан оҥоһуллубут субстрат солбуйар. Оттон оҕурсу кээмэйэ түөрт төгүл элбэх. Бу хомулла сылдьар оҕуруот аһа күн сарсын оҕо тэрилтэлэригэр тиийиэ, маҕаһыын долбуурдарыгар атыыга тахсыа. 

Альберт Алексеев, "Саюри" теплица биригэдьиирэ: "Бу ыйга биһигүи 156 туоннаттан тахса оҕурсуну хомуйарга былааммытыгар турар. Томаппыт 43 туоннаттан тахса. Уопсайа 9 блок оҕурсу, 4 блок томат, биир блок күөх үүнээйи уонна биир блок клубника баар. Блоктар быра үлэлии тураллар". 

Уопсайа барыта 16 баараҕай тэпэлииссэ баар, уопсай иэнэ 3,3 гектар.  Манна бииргэ ортотунан 8 тыһыынча кэриҥэ ук үүнэр. Санаан көрүҥ, төһөлөөх улахан кээмэйин. "Саюри" хаһаайыстыба тыйыс килиимэти ахсыбакка үлэлээбитэ быйыл оруобуна 10 сыла. Агрокомплекс "Саха сирэ" диэн урутаан сайдыы сирин-уотун биир бастыҥ үлэлээх резиденэ.  Бастаан утаа эксперимент быһыытынан саҕаламмыт бырайыак, билигин көрдөрүүтэ баараҕай.

«Ирбэт тоҥҥо сылы эргиччи үлэлиир тэпэлииссэҕэ билигин хаоллаан лаппа сылыйан саамай табыгастаах усулуобуйа. Онон үүнүүнү өлгөмнүк ылар кэм. Оттон сыллааҕы оҥорон таһаарыы кээмэйин этэр эбит буоллахха, Дьокуускайы “Саюри” 30% оҕуруот аһынан хааччыйар», - Мария Дмитриева, корреспондент.  

"Саюри" тэпэлииссэтигэр эргиччи сайын. Онон хайа баҕар үүнээйи күн-дьыл туругуттан тутулуга суох ситэр.  Холобур, клубника эмиэ төгүрүк сыл астыыр.  Минньигэс отону ыҥырыа  куоппаһырдар, онон олус амтаннаах уонна кып-кыһыл буола улааталлар.