Саха сиригэр тоҕоостоох эйгэни тэрийии федеральнай бырагырааманан 147 бырайыак олоххо киирдэ
Куоракка тоҕоостоох эйгэни тэрийии федеральнай бырагырааманан 2019-2025 сылларга Саха сиригэр барыта 147 бырайыак олоххо киирдэ. Бырагыраама Дойду Президенэ Владимир Путин көҕүлээбит "Олоххо-дьаһахха аналлаах инфраструктура" национальнай бырайыак чэрчитинэн барар. Ааспыт сылга Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 46 дьон сынньанар сирэ тутулунна.
«Саха сирин куораттарыгар уонна нэһилиэктэригэр дьон-сэргэ олохсуйарыгар, сынньанарыгар усулуобуйа тэриллэр. Ол курдук, федеральнай национальнай бырайыактар биһиэхэ күүскэ үлэлииллэр. Куорат, нэһилиэк нэһилиэнньэтин кытта сүбэлэһэн, куоластаан элбэх дөкүмүөн хомуйан, сайаапка түһэрэн федеральнай үбүлээһин ылаллар. Онон биһиги “Биир ньыгыл Арассыыйа” норуодунай бырагырааматыгар билигин эмиэ үлэ бара турар хас биирдии улуустарынан, нэһилиэктэринэн сылдьаннар тус нэһилиэктэргэ олорор үлэлиир-хамсыыр дьоммутуттан этиилэри хомуйуу бара турар. Бу үлэ мин санаабар ситиһиилээх уонна үтүө түмүктээх буолуо дии саныыбын», - Андрей Находкин, Ил Түмэн депутаата.