Сунтаар улууһугар кэтэһиилээх үөрэх кыһатын эбийиэгэ тутуллар
Таһырдьанан-иһирдьэнэн үлэ күөстүү оргуйар. Сунтаар киинигэр өссө биир тупсаҕай көстүүлээх баараҕай үөрэх эбийиэгэ дьэндэйэр. Сүрүн үлэлэр түмүктэнэн билигин үлэһиттэр эбийиэк ис өттүгэр истиэнэни сыбыы сылдьаллар, ону тэҥэ тас өттүгэр тиэргэни тупсараллар. Баараҕай эбийиэк 6 тыһ. тахса квадратнай миэтирэ иэннээх. 3 этээстээх. 450 миэстэлээх.
Анатолий Файрушин, бэдэрээтчит: «Үлэ бара турар. Уустуктар баар этилэр. Бырайыактааннар сөптөөх быһаарыы буланнар үлэбит тохтуу түһэн баран барбыта. Билигин этэҥҥэ эбийиэкпитин бүтэрэн киллэриэхпит».
Бу Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй саҥа дьиэтэ буолар. Тустаах үөрэх кыһата номнуо 30-ча сыл үлэлээн кэллэ. Бу тухары бэйэлэрэ бас билэр дьиэлэрэ суох этэ. Хас да корпуһунан ыһыллан үөрэнэ олороллор. Онон саҥа эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ барыта биир сиргэ баар буолуоҕа. Аныгылыы тииптээх үөрэх кыһатыгар оҕолор үөрэнэллэригэр итиэннэ эбии дьарыктаналларыгар бары усулуобуйа олохтонуоҕа.
Олег Сосин, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интернат дириэктэрэ: «Манна Технопаркаттан кабинет информатики киириэҕэ. Айсен Сергеевич Николаев федеральнай бырагыраамаҕа киллэрэн тутуу барда».
Даҕатан эттэххэ, тустаах үөрэх эбийиэгэ "Ыччат уонна оҕолор" диэн нацбырайыак иһинэн үлэлиир "Үөрэх сайдыыта" диэн судаарыстыбаннай бырагырааманан олоххо киирэн эрэр. Онон бары ирдэбилгэ толору эппиэттиир. Бэдэрээтчит тэрилтэ болдьох быһыытынан үлэлиир. Күн бүгүн эбийиэк 70 тахса бырыһыан бэлэм.