Түргэнник сайдар хаһаайыстыбалар Саха сиригэр үксүүллэр
Ыҥырыалары уоскутар анал буруо таһаарар тэрили уматан, Аскалон Егоров үлэтин саҕалыыр. 5 оҕолоох аҕа, Түбэлэр тумус туттар уоллара 2018 сыллаахтан бу эйгэҕэ бэйэтин холонон үлэлии-хамсыы сылдьар. Кэлиҥҥи сылларга кини Уһук Илин регион боруода ыҥырыаларын тутар.
Аскалон Егоров, мүөттээх ыҥырыаны иитээччи: «Ыҥырыалары Амурскай уобаластан ыла сылдьабын. Эбии корпустары олордубуппут, мүөттэрин эбии хомуйалларыгар».
Маймаҕа уонна Түбэ икки ардыгар олус кэрэ айылҕалаах, үгүс элбэх сибэкки араас көрүҥэ үүнэр сиригэр билигин Аскалон ыҥырыаларын тутар. Холобура, бу сиргэ кини 20 уйаны тутар. Манна хас биирдии уйаҕа 1 раамкаҕа - 1,5 киилэ курдук ыҥырыа дьиэ кэргэнэ олорор.
Бастаан саҕалыырбар биир күҥҥэ хаста да тиктэрэн, билигин олох ыҥырыаларым тигиэхтэрэ диэн уолуйбакка Аскалон Егоров "кутталлаах" үлэтин туһунан кэпсиир. Онтон маннык кутталлаах — сыралаах үлэттэн — киһи доруобуйатыгар олус туһалаах, киһи барыта сөбүлүүр мүөтэ тахсар. Ааспыт сылга хаһаайыстыба ылбыт бородууксуйата барыта атыыга хамаҕатык барбыта. Быйыл кини үлэтигэр саҥа сүүрээн киллэриии "прицеп" ньыматын туттар буолла.
Аскалон Егоров, мүөттээх ыҥырыаны иитээччи: «Быйыл эбии прицеп ыламмын маннык таһа сылдьарга диэн. Үчүгэйэ диэн мүөт хомуйуута мөлтөх диэтэххэ аҕыйах хонугунан атын сиргэ илдьиэххэ сөп».
Бу курдук кини 3 сиринэн ыҥырыаларын тутар. Салгыы эдэр киһи өссө да хаһаайыстыбатын кэҥэтэр соруктаах.
Аскалон Егоров, мүөттээх ыҥырыаны иитээччи: «Өссө улааттахпына батымыах курдукпун. Кэҥээтэхпинэ сирдэри булуохха наада. Тиэхиникэ туспа наада буолар».
Тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр ыҥырыа тутар хаһаайыыстыбалар үксүү тураллара үтүө холорбур эрэ буолар. Онтон билигин Түбэ мүөттээх ыҥырыалара сайыҥҥы күөх чээлэйгэ аһаан-сиэн, сотору кэминэн минньигэс мүөтү биэриэхтэрэ.