Хара тыаны чөлүгэр түһэриигэ дьоһун хардыы
От күөҕэ лиэнтэ быһыллан теплииссэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Баараҕай мас питомнигар номнуо бастакы 500 тыһ тахса бэрдьигэс рассаадата турар. Бу бэс ыйыгар олордуллубут сиэмэлэр номнуо үүнэн тахсыбыттар.
Илья Соловьёв, "Якутлесресурс" тэрилтэ оҥорон таһаарар салаатын салайааччыта: «Красноярскай сиэмэлэрин олордубуппут. Саха сирэ 2 лесосеменной оройуоннаах – 15 уонна 20. 20 – Саха сирэ үксүтэ. 15 оройуон – Бүлүү бөлөх, Мииринэй, Ленскэй өттө. Манна билигин 20 оройуон олордуллан турар».
Теплииссэҕэ автоматическай уунан кутар тэрил үлэлиир. Маны тэҥэ салгын температуратын кээмэйдиир эмиэ автоматизированнай датчиктар бааллар. Ол эрэн билиҥҥитэ сиэмэни олордуу бэйэ илиитинэн оҥоһуллар. Манна анал кырачаан тэрил көмө буолар.
Ол эрэн сотору кэминэн үлэ барыта механизацияланыаҕа. Ол эбэтэр, сүрүн үлэни массыына оҥорор буолуоҕа.
Айдын Готовцев, "Якутлесресурс" тэрилтэ оҥорон таһаарар салаатын сүрүн инженерэ: «Сиэмэ быраҕар автоматика ылыллыбыта. Буор набивайдыыр автоматика эмиэ баар. Саамай сүрүммүт үүнээйибит буоллаҕа, көрөбүт-истэбит».
Тустаах теплииссэ Якутлесресурс үһүс питомнига буолар. Бу иннинэ Алдаҥҥа уонна Сунтаарга арыйбыттара. Онно эмиэ номнуо бастакы рассада олордуллубут. Билигин бары питомниктарга кэлии сиэмэни олортулар, ол эрэн сотору кэминэн Саха сиригэр үүнэр бэстэр сиэмэлэрин олордуохтара.
Илья Соловьёв, "Якутлесресурс" тэрилтэ оҥорон таһаарар салаатын салайааччыта: «Филиалларбыт туорах хомуйбуттара, онон сиэмэ таһаарбыппыт. Ону бэлэмнэнн баран Улан-Удэҕэ Рослесзащита станциятын лабараториятыгар сертификат ыла ыытыахтаахпыт».
Онон туһааннаах докумуон баар буоллаҕына Якутлесресурс тэрилтэ Саха сирин бэстэрин сиэмэтин олордуоҕа, оччотугар үүнүү көрдөрүүтэ лаппа тупсар чинчилээх. Даҕатан эттэххэ, күн бүгүн Саха сирэ ойууру чөлүгэр түһэриигэ дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьар. Үгүс чааһынай питомниктар эмиэ үлэлииллэр. Онон инниктин бу хайысхаҕа үлэ сайдар кэскиллээх.