Хаҥалас улууһун Тойон-Арыы нэһилиэгэр сайыҥҥы уу ситимин тартылар

40

Нэһилиэк эр дьоно биир сомоҕо буолан сайыҥҥы уу ситимин тардаары муһуннулар. Кинилэргэ көмөҕө Булгунньахтаах администрациятын үлэһиттэр кэлбиттэр. Күүстээх үлэҕэ турунуох иннинэ бырайыагы сыныйан үөрэтэллэр. Ити кэннэ турбалары туһааннаах сиргэ илдьэн ситими тардыы саҕаламмытынан барар.

Тойон-Арыы нэһилиэгэ өрүс арыыта буолан манна ардах сотору сотору түһэр. Бу күн эмиэ сөҥүүлээх буолан биэрдэ. Эр дьон ону ол диэбэккэ үлэ күөстүү оргуйар. 

Алексей Хоютанов, Тойон-Арыы олохтооҕо: «Бырайыак оҥотторон өрүспүтүттэн насос холбоон турба тардан эрэбит».

Пластик турбалары анал силимниир тэрилинэн биир биир сыһыартаан ситим тэтимнээхтик тардыллар. Биир сиринэн сыһыарыы 10 мүнүүтэни ылар.

Тойон-Арыыга уопсайа барыта 30 ыал баар. Нэһилиэк дьоно сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналлар. Манна хас биирдии ыал сүөһү тутар. Онон сылы эргиччи уу дэлэччи наада. Холобур, водовозтаныахтарыттан сүөһүлэрин хотоҥҥо уулатар буолбуттар. Онтон билигин сайыҥҥы ууттан ньирэйдэригэр туһаныахтара, оттон дьахтар аймах оҕуруоту дэлэччи ыһаары үөрүүлэрэ муҥура суох. 

Евдокия Корякина, Тойон-Арыы олохтооҕо: «Водовозтамыппыт 3 сыл буолла. Ол иннинэ хас биирдии ыал ким туох баарынан уу баһынар этибит. Уу ситимэ киирдэҕинэ өссө үчүгэй буолуоҕа. Уу харыстаан оҕуруоту мээнэ ыспат этибит».

1-Малдьаҕарга икки нэһилиэк киирэр - Булгунньахтаах уонна Тойон-Арыы. Былырыын Булгунньахтаахха сайыҥҥы уу ситимэ холбоммута. Оттон быйыл иккис нэһилиэктэригэр туруннулар. 1-Малдьаҕар нэһилиэгэ ааспыт сылга улууска бастыҥ нэһилиэк аатын ылбыта. Итиэннэ оройуонтан 500 тыһыынча бириэмийэ туппута.

Айталина Васильева, " 1-Малдьаҕар нэһилиэгэ" МТ баһылыга: «Нэһилиэнньэ быһаарыытынан Тойон-Арыыга уу ситимин киллэрэргэ быһаарынан олохтоохтор субуотунньукка тахсан бары бииргэ тэҥҥэ уубут ситимин дьиэлэргэ киллэртии сылдьабыт».

Сайыҥҥы уу ситимэ бастакы тымныыларга диэри холбонон туруо. Онон өҥ буордаах Тойон-Арыыга эһиилгиттэн оҕуруот өссө дэлэйиэ, хороҕор муостаах тэнийиэ.