АГАТУ устудьуоннара бааһырбыт байыастарга кус үргээн ыыталлар

51

Хас биирдии түһүмэх барыта аттарыллан үлэ иҥнигэһэ суох чуолкайдык барар. Бу сытар 130 тахса  куһу  устудьуоннар биир күн иһигэр астаан, суулаан тоҥорон бүтэриэхтээхтэр. Онон  сүрүн күүс - үргээһиҥҥэ.

Сардаана Васильева, АГАТУ иһинэн технология уонна салайыы колледжын устудьуона: "Биһиги кус үргүүбүт, СВО-ларга көмөлөһөбүт. 2022 сылтан маннык куруутун дьарыктанабыт".

Устудьуоннар сүрүннээн булт аһын ыытарга бэлэмнииллэр. Оттон кинилэргэ биирдиилээн улуустар, нэһилиэктэр туттараллар. Холобур, бу сырыыга 69 киилэттэн тахса куһу-хааһы Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгин олохтоохторо хомуйан ыыппыттар. Онон сомоҕолоһуу бастатан туран дойдуну таптыырга көҕүлүүр.

Мирослав Тарский, АГАТУ иһинэн технология уонна салайыы колледжын преподавателэ: "Оҕолорбутугар бу патриоттуу санааларын сүрдээҕин күүһүрдэр дии саныыбыт, преподавателлэргэ даҕаны. Кинилэр астаан ыыппыт астарын анараа бааһырбыт саллааттарбыт сиэннэр дойдуларын саныыр буолуохтаахтар, дойдуларын сыта кэлэргэ диэри буолуохтаах".

Устудьуоннар бэлэмнээбит астарын Москва куоракка бааһырбыттар госпиталларыгар ыыталлар. Дойду аһа кинилэргэ түргэнник өрүттэллэригэр күүс-көмө буолар.  Кустары үргээн, иһин ыраастаан баран кыра түүлэрин кэриэрдэн, салгыы аны харайыы түһүмэҕэр ыыталлар. Кичэйэн сууйан баран, салгын киирбэт гына биир биир суулууллар. 

Петр Нартахов, АГАТУ иһинэн технология уонна салайыы колледжын устудьуона: "Бу ваакумнай аппараат. Бу манна ас иҥэмтиэтэ, битэмиинэ барыта хараллар. Онтон тута тоҥорууга барар. Оччоҕо ас өр сибиэһэй сылдьар уонна бустаҕына сыттыын атын буолар". 

АГАТУ иһинэн колледжка повар идэтигэр 21 сыллаахтан устудьуоннары уһуйаллар. Бу бастакы выпуск буолуохтаах оҕолор. Кинилэр үөрэҕи уонна идэҕэ сатабылы тэҥҥэ тутан үөрэнэллэр. Эбиэт иннигэр маннык быраактыка, онтон пааралар саҕаланаллар. Онон үтүө дьыаланы сэргэ устудьуоннар булт аһын астааһыҥҥа үгүс сатабылы ылаллар.  

Урсун Красильников, АГАТУ иһинэн технология уонна салайыы колледжын устудьуона: "Кус үргүүбүт, собо ыраастыыбыт, куобах сүлэбит. Уопсайынан буол аһын астыын бэлэмниибит". 

Оттон нэһилиэнньэттэн көмө тиһигин быспакка киирэ турар. Бу сылга үктэнэн баран куска үһүс улахан партиялара. Амма уонна Чурапчы улуустарытан кэлбит балыгы, куһу  бэлэмнээн ыыппыттар.