Реставратор сэдэх идэтин сэгэтэн

93

Бу икки үйэ анараа өттүгэр бэчээттэммит таһаарыы саастааҕын да быһыытынан уонна харайыыта эмиэ мөлтөх буолан туруга куһаҕан диэн реставратор Мария Старостина сыаналыыр. Ол эрэн уопуттаах исписэлиис илиитигэр киирэн сотору кэминэн иккистээн тыыннанан ааҕааччы долбууругар тахсыа. Чөлүгэр түһэриигэ киириэх иннинэ бастаан кирэ-хоҕо ыраастаанар, ол кэннэ аны ууга уган сууллар.

Кинигэни реставрациялааһын олус бырыымчык үлэни эрэйэр буолан олус бытааннык барар. Холобур, бу тыһыынчаттан тахса сирэй саамай аччаабыта 1.5-2 сыл оҥоһуллар. Онон үлэлэригэр бэриниилээх, бу дьыаланы дьиҥ таптыыр эрэ дьон ылсар идэтэ.

Мария Старостина, СӨ Национальнай библиотекатын реставратора  : "Ким эрэ иллэҥ кэмигэр сөлүлээн дьарыктанар дьарыга, оттон биһиги үлэм. Онон үөрэ-көтө үлэбэр кэлэбин. Күнү быһа олоруохха наада. Оччоҕо эрэ үлэ түмүктээх буолар".

Сууллубут сирэйдэри аны убаҕас кумааҕынан кутан абырахтанар.  Оттон улахан алдьалыынары оҥоруу атын ньаманан барар. Ити кэннэ аны биир биир хас да хос хаттыгастаан суулаан куурдуллар.

Аны кинигэ тас өттүн эмиэ реставратор бэйэтэ оҥорор. Маныаха Мария Старостина византийскай оһуордаах гына алтантан күлүүс оҥорбут. Ити курдук, бу идэҕэ кинигэ састаабын, ханнык ньыманан бэчээттэммитин быһаарсыы кыра. Дэгиттэр билии ирдэнэр. 1800 сылларга суруллубут былыргы нууччалыы бэчээт кинигэтэ эрдэ эмиэ чөлүгэр түһэриини ааспытын кини бэлиэтиир.

Мария Старостина, СӨ Национальнай библиотекатын реставратора : "Эрдэ оҥоро сылдьыбыттар эбит. Сорох лиистэрэ тиийбэтин эбэн биэрбиттэр. Сорох сирин бэйэтэ илиинэн суруйан биэрбит".

Үйэлэри ситимниир үлэҕэ Мария ааспыт сылтан эдэр үөлээннээҕин Айыына Кондакованы уһуйар. Эдэр реставратор билигин Аҕа дойду сэриитин саҕанааҕы хаһыаты тилиннэрэр. Хас биирдии кичэллээх хамсаныы илдьирийбит таһаарыыны чөлүгэр түһэрэр. 

Айыына Кондакова, СӨ Национальнай библиотекатын реставратора: "Бу хаһыат соторутааҕыта кэлбитэ, олох алдьанан хаалбыт этэ. Ону таҥан таһаардым. Илиибинэн кыраны оҥорорбун олус сөбүлүүбүн".

Саха сиригэр кинигэ реставратора сэдэх идэлээх Мариялаан Айыына күннэтэ көлүөнэни ситимниир, ааспыты тилиннэрэр үлэни толороллор.