Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна
Бу курдук өрө көтөҕүллээхтик, ыллаан-туойан Саха сиригэр Оҕо саас сылын үөрүүлээхтик саптылар. Кэлэр кэнчээри ыччат бары өттүнэн сайдыылаах, киэҥ билиилээх буоларын ситиһэргэ сыл иһигэр элбэх үлэ ыытыллынна. Манан үлэ тохтообот.
Нюргуна Соколова, СӨ үөрэх уонна наука миниистирэ: “Оҕолорго үгүс тэрээһини тэрийбит, оҕолорго элбэх үтүөнү аҕалбыт улуустарбытын чиэстиэхпит. Ити барыта биэс улуус уонна куорат уокуруга буолуо”.
Сыл түмүгүнэн биэс бастыҥ улууһу чиэстээтилэр. Ол курдук Горнай, Таатта, Томпо, Ленскэй уонна Жатай бөһүөлэгэ сыл иһигэр үрдүк көрдөрүүлээх холобур буолар улуустарынан ааттаннылар.
Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылын арыйдыбыт.
Патриотическэй санааны өрө тутууга, сайыннарыыга саамай тоҕоостоох кэм. Бу сылга элбэх үлэ ыытыллары турар, былаан, бырагыраама бигэргэммитэ.
Игорь Юргин, Россия Дьоруойа, СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирин эбээһинэһин толорооччу: “Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла түөрт сүрүн түһүмэххэ араарылынна. Бу маны олохтоохтор этиилэринэн оҥордубут. Маннык тосхол патриотическай тыыны күүһүрдэрин таһынан дуһуобунай сиһигили үрдээһинигэр улахан оруоллаах буолуо. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтаарыгар болҕомто өссө күүһүрүө”.
Анал байыаннай дьайыы кыттылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өрөспүүбүлүкэ өтүттэн өйөбүл тиһигин быспат. Дойду туһугар туруулаһа сылдьар дьоммутугар араас хабааннаах үлэ тохтообокко ыытыллар. Оттон бу тэриллибит быыстапка ону туоһулуур.
“Саха сиригэр Ийэ дойду көмүскээччи сылын арыйдылар. Манна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар күүс-көмө өйөбүл буолар тэрилтэлэр, волонтердар, амарах сүрэхтээх дьон-сэргэ быыстапкката көрдөрүүгэ турда”, Ирина Гольдерова, корреспондент.
Бу курдук бары түмсэн, ким да туора турбакка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар бэйэлэрин көмөлөрүн ууран, сэмэй кылааттарын киллэрэллэр.
Анна Ефимова, "Якутия с тобой" хамсааһын бэрэссэдээтэлэ: “Бары түмсүүлээх буолуохпутун наада. Бары биир киһи курдук түмсэн үлэлээтэхпитинэ кыайыы түргэнник кэлиэ уонна уолаттарбытыгар өйөбүл буолуохпут”.
Бары күүһү - кыайыы туһугар. Быйыл Россия үрдүнэн Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла биллэриллибитэ итиэннэ Дойду үрдүнэн Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит.