Национальнай бырайыак чэрчитинэн сүрэх-тымыр ыарыылаахтарга болҕомто улаатыа

56

Дьокуускай олохтооҕо Игорь Соловьев сүрэҕэ ыалдьан олорор сиринэн поликлиникаҕа көрдөрүммүт. Балыыһаҕа кэккэ анализтары туттаран аритмиялааҕа биллэн, кардиология салаатыгар  ананан сыта киирбитэ нэдиэлэттэн орто.

Игорь Соловьев, Дьокуускай олохтооҕо: "Сүрэхпэр уонна ис уорганнарбар УЗИ оҥордулар. Ону тэҥэ рентген түһэрдилэр. Хаан баттааһынын бэрэбиэркэлиир аппараты уонна холтер кэтэрдэн үгүс бэрэбиэркэни бардым. Бастаан кэлбиппинээҕэр үчүчгэй буоллум. Чинчийии бөҕө ыыттылар, эмтээтилэр, онон уопсай туругум тубуста".

Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа кардиологияҕа салаата 30 куойка-миэстэлээх. Сыллата манна биир тыһыынча киһи киирэн туһааннаах эмтэниини ааһар. Сүрүннээн хроническай сүрэх-тымыр ыарыылаахтары эмтииллэр. Ол курдук сүрэх кыаммат буолуутун, ишемияны, сүрэх тэбиитин кэһиллиитин, үрдүк хаан батааһыннаахтары көрөллөр-истэллэр. 2022 сыллаахтан балыыһаҕа амбулаторнай кабинет аһыллыбыта.

Амгалена Кузнецова, кардиология салаатын кардиолог бырааһа: "Биһиэхэ эмтэнэ тахсыбыт ыарыһахтары дьиэлэригэр төһө эмтэрин иһэллэрин, бэйэлэрин көрүнэллэрин, туруктарын хонтуруоллаары бэйэбитигэр ыҥыраммыт көрөбүт-истэбит".

Онон ыарыһахтар эмтэнэн да тахсан баран кэтэбилгэ сылдьаллар. Салааҕа 60-75 гэр диэри саастаах дьон ордук элбэхтик киирэр. Сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү аан дойду үрдүнэн инники кирбиигэ сылдьар. Онон сүрүн болҕомтону эрдэттэн сэрэтии үлэтэ ылар. Нэһилиэнньэ дьон-сэргэ доруобуйатын туругар кыһаллан ыарыыны аҕыйатыыга үлэлэһэллэр. Хатас олохтооҕо Галина Сивцева дабылыанньата тахсан өр кыайан түспэккэ эрэйдээбитэ. Салгыы манна салааҕа киирэн эмтэнэ сылдьабын диэн этэр.

Галина Сивцева, Хатас олохтооҕо: "Хааным баттааһына олус үрдээн поликлиникаҕа эмтэнэ сатаан баран олох түспэккэ балыыһаҕа киирбитим. Быраастар олус үчүгэйдэр, кичэйэн көрөллөр. Үлэһиттэр бары сыһыаннара үчүгэй, палатабытыгар иккилии киһи".

Чинчийии араас оборуудабанньанан чопчу оҥоһуллар буолар, диагноз туруоруута судургутуйан турар. Манна направлениенан киирэллэр.  Дойду үрдүнэн бу үүммүт сылтан "Уһун уонна көхтөөх олох" саҥа национальнай бырайыак олоххо киирэр. Ол чэрчитинэн сүрэх-тымыр ыарыыларыгар болҕомто өссө эбии күүһүрэр.