Архыыпка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын докумуонун туталлар

53

Архыып үлэтигэр саҥа сүүрээн. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын докумуоннарын тутан саҕалаатылар. Үлэһиттэр номнуо судаарыстыба харайыытыгар ылыах иннинээҥи бастакы анал экспертизаны оҥороллор. Манна хас биирдии туттарыллыбыт сурук, ахтыы сыаннаһа быһаарыллар. Дьэ, ол кэннэ историята чахчыта буолан бу долбуурдарга үйэлэргэ ууруллар.

Ксения Дмитриева, СӨ национальнай архыыбын  таҥыы уонна экспертиза салаатын салайааччытын солбуйааччы: "Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа буоларынан кини тус даннайдара буолаҕа дии. Ол иһин докумуоннарын, ол эбэтэр байыаннай билиэтин, туоһу суруктары, наҕараадаламмытын туһанан докумуоннары тутабыт. Ону сэргэ ахтыылары, хаһыакка бэчээттэммит ыстаыйалары уонна хаартысканы тутабыт".

Байыас кими эмэ кытта суруйсубутун кытта туттарыахха сөп. Архыып байыаннай докумуоннары тутуута сэдэх көстүү. Холобур, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын иһитиннэриитэ хас эмэ уонунан сыллар кэннэ биирдэ военкоматтан кэлбитэ.

Лилия Горомова, СӨ национальнай архыыбын таҥыы, экспертиза салаатын салайааччы: "Байыастар даннайдары толору буоллун диэн анал анкета оҥордубут. Манна хантан барбыта, сулууспалыан иннинэ ханна үлэлээбитэ, хантан ыҥырыллан барбыта толору ыйыллар".

Байыастар ааттарын архыыпка харайыыны сэргэ, көмөнү оҥоруу тиһигин быспакка барар. Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин "Кэскил" уһуйаан иитээччилэрэ уонна иитиллээччилэрэ байыастарга оҥорбут көмөлөрүн ыстаапка аҕалан туттараллар. Кырачаан дьон илиилэрин сылааһын иҥэрбит малларын-салларын сотору кэминэн анал дьайыы кыттыылаахтара тутуохтара.

Любовь Прибылых, "Кэскил" уһуйаан иитээччитэ: "Оҕолорбут сиэккэ баайыытыгар, ол кырыйааһыныгар көмөлөстүлэр, уруһуй бөҕөнү уруһуйдаатылар. Ити окуопа чүмэчитин оҥоруутугар эмиэ олус көмөлөстүлэр. Ол чүмэчилэрбитин бүгүн аҕалан туттардыбыт".

Биир дойдулаахтарыбытыгар көмөнү өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ оҥорор.  Горнай Бэрдьигэстээҕэр сынньалаҥ киинигэр күргүөмүнэн кэлэн хаххаланар сиэккэни өрөллөр. Уопсайа 60 тахса киһи биир санаанан, байыастарга өйөбүл буолараары түмүстэ.  Үтүө дьыалаҕа ким баҕалаах бары кыттыһар.

Аграфена Васильева, Бэрдьигэстээх А.Н. Осипов аатынан оскуола алын кылааһын учуутала: "А.Н. Осипов аатынан оскуола учууталлара кэлэммит анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан сиэккэ өрүүтүгэр көмөлөһө сылдьабыт".

Ити курдук анал байыаннай дьайыыга кыттыылаахтарыгар бары өттүнэн көмө, өйөбүл толору оҥоһуллар. Нэдиэлэ ахсын гуманитарнай көмө тиһигин быспакка барар.